![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5677-1140x843.jpg)
Ыам ыйын 22 күнэ – сааскы Ньукуолун
Саха дьонугар былыр-былыргыттан сааскы Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх. Бу күн уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Мөккүөрдээх соҕус да буоллар, бу күнү сорохтор өссө саха Саҥа дьылынан ааттыыллар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5631-1024x755.jpg)
Ол иһин да буолуо, биһиги өбүгэлэрбит Ньукуолун күн айылҕаҕа тахсан сири-дойдуну аһатан, Айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ, кырыа кыһын кэнниттэн налыччы, астына-дуоһуйа айылҕалыын алтыһаллара.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5639-1024x708.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5642-1024x760.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5658-1024x637.jpg)
Ытыктанар сиэртэн-туомтан биирдэстэрэ – салама ыйааһына. Салама айыыларга тахсар далаһа, кинилэр бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх. Итэҕэл быһыытынан, бу күн үрдүк Айыылартан Иэйиэхсит Хотун сиргэ түһэр. Ол иһин өбүгэлэрбит айылҕаҕа тахсан, сир-дойду иччитин Аан Алахчын Хотуну алҕаан, ытыктаан, хатыҥ маска салама ыйыыллар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5708-1-1024x930.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5710-950x1024.jpg)
Үгэс быһыытынан, сайылыкка көһөн тиийэн баран, саламаны халдьаайыга тахсан хатыҥ маска баайаллар. Салама икки көрүҥнээх: салама уонна дэлбиргэ.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5726-755x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5729-1024x814.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5745-788x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5778-1024x762.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5774-1024x827.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5784-1024x771.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5830-1024x730.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5780-1024x745.jpg)
Барыгытын Ньукуолун күнүнэн! Бар дьоммут, чөл туруктаах, иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/WhatsApp-Image-2024-05-23-at-11.34.04-75x75.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/05/IMG_5620-75x75.jpg)