![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/775.jpeg)
«Өймөкөөҥҥө XVI Олоҥхо ыһыаҕын кэмпириэнсийэтэ»
Кэмпириэнсийэ А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй 99 сыл анараа өттүгэр туруорбут Ытык сэргэтиттэн уонна төрөөбүт күнүттэн саҕаланна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.34.21-2-629x1024.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.56.21-1024x460.jpeg)
Кэмпириэнсийэҕэ араас улуустартан кыттыыны ылллылар. Кэмпириэнсийэ сыала — соруга: 2023 сылга СӨ историята саҥа үйэҕэ үктэнэр алгыһын түһэрэр, саргытын салайар Өймөкөөн улууһугар ыытыллар XVI Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.58.54-2-1024x379.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/22222-1024x586.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/66666.jpeg)
Бүлүү улууһуттан В.О.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэллэктиибиттэн салайааччы С.Т.Иванова уонна Бүлүү улууһун норуот маастардарын уус уран оҥоһуктар түмсүүтүн салайааччыта. В.А.Леонтьева кыттыыны ыллылар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.32.35-2-741x1024.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.58.59-2-1024x709.jpeg)
Олуктарынан үлэҕэ «Олоҥхолооһун үгэһин сөргүтүү ньымалара» диэн түһүмэххэ Светлана Тарасовна эдэр көлүөнэни түөлбэ олоҥхотугар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээл нөҥүө уһуйуу диэн дакылаатын оҥордо.
Норуот маастардарын оҥоһуктарын быыстапка- дьаарбаҥкатыгар Бүлүү улууһун талааннаахтарын оҥоһуктарын салайааччы Виктория Алексеевна кыбытыы уонна сиэл оҥоһуктарын кэпсээн дьон болҕомтотун тарта.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.34.27-576x1024.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.58.57-2-1024x648.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.59.11-1024x576.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.59.06-1024x576.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-03-at-15.58.55-2-1024x686.jpeg)
Аны сайын Өймөкөөн сиригэр буолар Олоҥхо ыһыаҕар бары бииргэ түмсэн, биир санаанан түмүллэн, Ыһыаҕы үрдүк таһымнаахтык ыытарга.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/жжжж-75x75.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/123-75x75.jpg)