![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/IMG_9054-1140x843.jpg)
«Алгыс түһүлгэтэ»
Эдэр киһи, умнума
Ийэҥ-аҕаҥ эйиэхэ
Биэрбит барҕа баайдара –
Олус уран тыллара.
Эмиий үүтүн сылааһа,
Истиҥ таптал сылааһа
Иҥмит буолан ийэ тыл
Өлбөт сүппэт тыыннаах тыл.
Ийэ тылгын баһылаан
Талбыккынан салайыаҥ,
Үөрүү-сайдыы суолунан
Эрэллээхтик айанныаҥ. В. Босяк.
Төрөөбүт тыл уонна-сурук бичик дэкээдэтин арыллыыта Бүлүү улууһугар «Алгыс түһүлгэтиттэн» саҕаланна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/IMG_9050-773x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/IMG_9058-1024x777.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/IMG_9064-1024x683.jpg)
Алгыс тылын эттилэр В.О.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэллэктииптэрин кыттыылаахтара Саввинова Нюргуяна Капитоновна уонна Мэҥкэр Сэмэн Хабырыыл уола. Дэкээдэ чэрчитинэн элбэх тэрээһиннэр буолаллара күүтүллэр.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/IMG_9121-75x75.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/02/WhatsApp-Image-2024-02-10-at-17.25.02-1-75x75.jpeg)