![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-09-at-18.14.17.jpeg)
«Тоҕус оһуордаах түһүлгэ»
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/1-1.jpeg)
Аанныыр Ийэ дойдубар
Кэлэр кэлэр кэнчээри
Ыччаттарбар даҕаны
Дьоллоох олоҕу туойуоҕум
Аанныыр Ийэ дойдубар
Көтүппэхтээн сылдьыаҕым
Сарсын сарсын сарсыарда…
С.А.Зверев — Кыыл Уола.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/12-1024x539.jpeg)
Сунтаар — Олоҥхо дойдутугар норуот уус — уран айымньыта уутуйан үөскээбит ытык сиригэр С.А.Зверев — Кыыл Уолун анабыл күнүгэр саха дьонун түмэр, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарар, саха төрүт култуурата, уус — уран айымньыта билиҥҥи дьалхааннаах олоххо харыстанан хааларыгар, үйэтитиллэригэр биир сүрүннүүр хамсааһын «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» диэн ааттаах норуот уус — уран айымньытын түһүлгэтэ Муус устар 8 — 9 күннэригэр Сунтаарга буолан ааста.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-09-at-11.03.56-3.jpeg)
«Тоҕус оһуордаах түһүлгэҕэ» саха сириттэн то5ус улуустан тоҕус көрүҥҥэ күөн күрэс ыытылынна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/6-1.jpeg)
Бүлүү улууһуттан кыттыыны ылла: В.О.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэллэктиибэ, салайааччы Иванова Светлана Тарасовна , СӨ култууратын туйгуна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/4-1.jpeg)
Көрүү күрэс түмүгүнэн оһуокайга Светлана Петровна Харлампьева, Сэмэн Мэҥкэр Хабырыыл Уола, Каролина Петровна Харлампьева бастыҥ оһуокайдьыттар анал ааттарын ыллылар. Кузнецова Лидия Николаевна «Саҥа саҕалааччы Олоҥхоһут» анал ааты ылла.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-09-at-10.24.52-1.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/10.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/9.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/11.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/7-1-1024x681.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/8-1-1024x804.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-09-at-18.27.26.jpeg)
Бүлүү улууһуттан уопсайа 43 киһи баран кыттыыны ыллылар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/WhatsApp-Image-2023-04-14-at-15.14.27-75x75.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/04/2-75x75.jpeg)