![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5533-1140x755.jpg)
«Үйэлэр ситимнэрэ» — оскуола о5олоругар олоҥхоҕо күөн күрэс
Саха Өрөспүүбүлукэтигэр Олоҥхо күнүн чэрчитинэн Бүлүү улууһугар ыытыллар дэкээдэҕэ Бүлүү түөлбэтин биллиилээх олоҥхоһута Ксенофонтов Алексей Дмитриевич — Аманааскы төрөөбүтэ 145 сылыгар, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, драматург, прозаик Ксенофонтов Федот Алексеевич — Докумуон төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах суруйааччы айымньыларын ааҕыыга «Үйэлэр ситимнэрэ» диэн оскуола оҕолоругар күөн күрэс ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ 40 — ча оҕо кытынна. Иһирэх ахтыы, күрэх тэрээһинин ыытта СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иванова Надежда Николаевна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5420-1024x768.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5425-1024x768.jpg)
Кыттыыны ыллылар: РФ эргиэнин туйгуна, үлэ, эргиэн бэтэрээнэ Анна Степановна Ксенофонтова, кыыстара Анна Федотовна, аймахтара Петр Гаврилович кэргэнинээн Федора Константиновалыын уонна бииргэ алтыспыт, хомоҕой хоһоонньут, норуот маастара Ефросинья Дмитриевна Петрова.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5459-1024x563.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5456-1024x727.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5454-745x1024.jpg)
Алгыс тойугунан эҕэрдэлээтэ Светлана Харлампьева.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5436-1024x729.jpg)
Ф. А. Ксенофонтов олоҥхотун толордулар В. О. Каратаев аатын сүгэр олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай коллективтара.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5444-1024x737.jpg)
Күрэх түмүгэ:
Бөлөх
1 миэстэ: “Өбүгэ тыына” салайааччы Докторова Ирина Петровна Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи 2 нүөмэрдээх орто оскуола.
Ксенофонтов Ф.А. “Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр”
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5468-1024x546.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5467-1024x733.jpg)
2 миэстэ “Утум” салайааччы Константинова Евдокия Семеновна,
Хампа театральнай искусстватын оскуолата.
Хоһооннор.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5481-1024x771.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5486-1024x828.jpg)
Кыра бөлөх:
1 миэстэ: “Сулусчаана”
Салайааччылар: Петрова Акулина Николаевна, Сивцева Марина Васильевна. Н.С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи 3 нүөмэрдээх орто оскуола 1“б”кл.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5488-1024x713.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5493-785x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5499-1024x757.jpg)
Биирдиилээн:
Кылаан бириис: Алан Мунхасытов – “Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр”.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5514-737x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5518-755x1024.jpg)
Кыра бөлөх: Горохова Айлина
сал. Игнатьева Анна Николаевна
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5500-806x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5501-802x1024.jpg)
2 миэстэ Харлампьева Карина “Телефон” Н.С.Степанов аатынан Бүлүүтээҕи 3 нүөмэрдээх орто оскуолата . Салайааччы Харлампьева Каролина Петровна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5529-779x1024.jpg)
Орто бөлөх: 1 миэстэ Айвар Прокопьев “Сэттэ хоруол айаннара” остуоруйа.
Салайааччы Алексеева Мария Степановна. Бүлүү гимназията.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5506-631x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5508-669x1024.jpg)
2 миэстэ: Семенов Арылхан “Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр”
Салайааччы: Докторова Ирина Петровна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5520-627x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5521-747x1024.jpg)
3 миэстэ: Иванова Мичийэ “Тоҕус хоруол айаннара” остуоруйа. Г.И.Чиряев аатынан Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуола 5 кл.
Салайааччы — Иванова Сардаана Петровна
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5512-742x1024.jpg)
Кылаан Үрдүк чыпчаалы Алан Мунхасытов ылан, Ф. А. Ксенофонтов «Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр Дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр»олоҥхотун толорон, кэргэнэ, эргиэн эйгэтин бэтэрээнэ, Анна Степановна анал бирииһин тутта.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5622-1024x803.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5628-1024x749.jpg)
Светлана Тарасовна Федот Алексеевичка аналлаах бэлиэни дьиэ кэргэнигэр туттарда.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5534-1024x743.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5535-1024x717.jpg)
Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, биир дойдулаахпыт, биллиилээх суруйааччы Ф.А.Ксенофонтов туһунан истиҥ иһирэх тылларынан санаан, кэпсээн ааспыт дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, чугас алтыспыт доҕотторугар, кини айымньыларынан ыытыллыбыт күрэххэ кыттыбыт бары оҕолорго.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5637-1024x725.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5661-1024x768.jpg)
Кинилэр салайааччыларыгар, төрөппүттэригэр, бириис туруорбут урбаанньыктарга — «Стиль» ИП З.Н.Ивановаҕа, ИП М.А. Каратаеваҕа «Чэчир» м-н Ивановка, «Сайын» м-н Леонтьевка, Лөкөчөөн дьаһалтатын баһылыгар Доргонова Анна Владимировнаҕа, Бүлүү үөрэҕириитин салаатын салайааччыта Н.М.Семеноваҕа , Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» НКК аатыттан, тэрийээччилэр ааттарыттан күүс — көмө, тирэх буолбут, көмөлөспүт спонсордарбытыгар махталбытын тиэрдэбит!
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5645-1-1024x771.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5640-1-1024x534.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5804-1-75x75.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-27-at-23.05.00-75x75.jpeg)