![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.37-1140x757.jpeg)
«Күөх харыйа тула»
Айыыһыт сылын көрсө,аал уотуттан, айах тутан көрдөһөн педагогическай үлэ бэтэрээнэ Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Ирина Петровна Прокопьева — Отоһут Өрүүнэтэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ Ил — эйэ олоҕу аҕаллын, уйгуну — быйаҥы түстээтин диэн алгыһын анаата.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.26-1024x735.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-05-at-12.34.54.jpeg)
Саргылаах саҥа сылбыт салаллан кэлбитинэн ,тохсунньу ый 4 күнүгэр. Бүлүүбүт куоратыгар «Күөх харыйа тула»,көрдөөх — нардаах клоун күрэҕэ буолан ааста. «Бастыҥ клоун»- Надежда Ивановна Парникова.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.18-899x1024.jpeg)
«Уран тыллаах клоун»- Ксения Максимовна Семенова, «Талба талааннаах клоун» Раиса Николаевна Петрова, «Бэтиэхэлээх клоун» Анатолий Николаевич Софронеев, «Сытыы сымса клоун» Татьяна Прокопьевна Борисова, «Булугас- өйдөөх клоун» Евсеева Татьяна Прокопьевна анал ааттары ыллылар,сэмэй бэлэхтэри туттулар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.34-1-1024x675.jpeg)
Бүлүү куоратын олохтооҕо Дмитрий Тарасович Иванов «Күөх харыйа тула» 60-сыллардааҕы пластинка доҕуһуолунан уонна 70 ,80 сыллардааҕы эстрада чаҕылхай сулустарын, уһуллубут видеоларынан үҥкүү киэһэтин тупсаран биэрдэ. Манна кэлбит дьоннор ааспыт эдэр саастарын санаан, үҥкүүлээн тэлээрдилэр.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.21-1-1024x623.jpeg)
Саҥа сылы уруйдаан, күөх харыйа тула оһуокайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр. Баян доҕуһуолунан үҥкүүлээн уонна ыллаан сүргэлэрэ көтөҕүллэн сынньанан бардылар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.35-1024x900.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.24-957x1024.jpeg)
Биэчэри иилээн-саҕалаан ыыттылар Августина, Матвей Евсеевтэр, баяҥҥа доҕуһуоллаата Иван Туласынов.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/WhatsApp-Image-2024-01-04-at-19.47.36-1024x564.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/rozhd2-75x75.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/01/5-75x75.jpg)
Один комментарий
Валентина