![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.33.jpeg)
Сосновка нэһилиэгэр, «Айхал» кулуупка сонун тэрээһин
Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» НКК Сосновкатааҕы «Айхал» филиал кулуубугар теннис, бильярд остуоллара туруоруллан олохтоохтор киэһээҥҥи сынньалаҥнарын «Айхал» кулуупка атаараллар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/IMG_0647-750x1024.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/IMG_0643-1024x924.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/IMG_0656-911x1024.jpg)
Бу күннэргэ олохтоохторго анаан саҥа сонун «БильКарТен» диэн ааттаах күрэх тэрилиннэ.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.41.jpeg)
«БильКарТен» диэн бильярд, хаартынан уонна теннискэ оонньоон бастыҥ миэстэни ылыыга олус интэриэһинэй күрэх буолар.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.36-1024x512.jpeg)
Олохтоохтор маннык күрэҕи саҥа биллибит диэн санааларын үллэһиннилэр.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.39-1-1024x598.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.39.jpeg)
Бастакы ыытыллыбыт «БильКарТен» диэн сонун күрэххэ үһүс миэстэни ылла Корякин Елисей Елисеевич.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.34.jpeg)
Иккис миэстэ буолла Григорьев Александр Гаврильевич.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.34-2.jpeg)
Уонна бастакы миэстэни ылан Филиппов Владислав Алексеевич сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.32-1.jpeg)
Инникитин араас интэриэһинэй күрэхтэри, тэрээһиннэри «Айхал» кулууп Сосновка нэһилиэгин олохтоохторугар тэрийэр былааннардаах.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/WhatsApp-Image-2024-04-28-at-21.32.33-1.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/IMG_8021.00_05_34_21.Still027-75x75.jpg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2024/04/IMG_3936-75x75.jpg)