![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.24.09-1-1140x647.jpeg)
Аан дойдутааҕы Хомус күнүгэр анаан
Аан дойдутааҕы Хомус күнүгэр аналлаах Дьокуускайга буола турар тэрээһиннэргэ Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» НКК уус — уран салайааччыта СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Евсеева Августина Платоновна кыттыыны ылла.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-10.27.44-1024x697.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.21.55-768x1024.jpeg)
Аан Дойду маастар кылаастаах хомус ууһа СӨ норуот маастара, СӨ.култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Чемчоев Реворий Гаврильевич Аан дойдутааҕы Хомус түмэлигэр анал быыстапката тэрилиннэ.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-10.27.49-1024x756.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.21.55-1-768x1024.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-10.27.49-1-1024x768.jpeg)
Бу быыстапкаҕа Чемчоев Реворий Гаврильевич — Чөмчөө Уус оҥорбут хомустара турдулар. Уһуйбут, үөрэппит үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Бүлүүттэн Мальцев Михаил Николаевич — Кылаан Уус, Степанов Николай Николаевич, Акимова Софья Иннокентьевна, Федоров Егор Петрович, Сунтаартан Дмитрий Николаев уо.д.а.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.21.53-1024x768.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.21.56-704x1024.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.20.54-768x1024.jpeg)
Альбина Михайловна Дегтярова виртуоз хомусчут Чөмчөө Уус куйаарга тахса сылдьыбыт хомуһугар тардан дьүрүһүттэ.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.21.57.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-10.27.48-1-1024x768.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-10.27.50.jpeg)
Бу тэрээһин чэрчитинэн Хомус күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндийэтин туттарда.
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.23.06-1024x577.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.23.07.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.25.36-1-1.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/WhatsApp-Image-2023-11-29-at-17.25.36.jpeg)
Чемчоев Реворий Гаврильевич — Чөмчөө Уус өссө да хомуһун оҥоруо диэн эрэнэбит. Саха Хомуһа үүнэ сайда турдун!
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/12/WhatsApp-Image-2023-12-01-at-12.51.07-75x75.jpeg)
![](https://vilalgis.ru/wp-content/uploads/2023/11/IMG_5804-1-75x75.jpg)